Выбрать главу

САҤА КЭС ТЫЛ

Библия тылбааһын Института Москва, 2008

***

САҤА КЭС ТЫЛ

Көннөрүллүбүт иккис таһаарыы.

Көннөрүү Д. К. Сивцев – Суорун Омоллоон баҕатын аахсан туран оҥорулунна.

(c)Библия тылбааһын Института, Москва, 2008

Аан тыл[1]

Бу Таҥара үөрэҕин Саҥа Кэс Тылын сахалыы кинигэтин тутан олорор үтүө дьоммун ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Сахалар былыргы төрүттэрэ Тэнгри диэн биир Таҥара баарын билэллэр эбит. Онон нуучча дьоно 1632 сыллаахха кэлэн «Лена остуруогун», ол иһигэр чочуобунаны туппуттарыгар, кинилэр бэрт сотору сулууспаҕа сылдьар, сүрэхтэнэр, бэргэһэлэнэр буолбуттар. Холобур, Семен Дежнев 1640 сыллаахха Бороҕон сахатын кыыһын Абакайааданы бэргэһэлээбит. XVII үйэҕэ, 1663 сыллаахха Якутскай куоракка Спасскай манастыыр, 1708 сыллаахха Троицкай Собор тутуллубуттар, улуустар, нэһилиэктэр аайы чочуобуналар, Таҥара Дьиэлэрэ оҥоһуллубуттар. Холобур, 1700 сыллаахха Индигир өрүс үрдүгэр Зашиверскайга эриэккэстэй бэйэлээх Спасскай храм тутуллубут. Бу кэнниттэн 1812–1819 сылларга аҕабыыттар саха алпаабытын оҥорон, Таҥара үөрэҕин сахалыы тылбаастаан кинигэнэн таһаарыыны саҕалаабыттар. Революция буолуор диэри Таҥара үөрэҕин уонна сулууспатын 50-ча кинигэтэ бэчээттэммит, ол иһигэр Сибэтиэй Евангелие 3 төгүл тахсыбыт. Улуу миссионердар Святитель Иннокентий Вениаминов, епископ Дионисий (Хитров) уонна протоиерей Димитриан Попов суруга-бичигэ суох саха тылын сайдыытыгар бастакы тулхадыйбат акылааты уурсубуттар, хараҥаҕа олорбут норуоту Таҥара абыраллаах сырдыгар кытыарбыттар. Кинилэр сүҥкэн өҥөлөрүн биһиги саха дьоно улаханнык кэриэстиибит.

Онтон араас кэрдиис кэмнэр ааспыттарын кэннэ, бу 2004 сылга, биһиги үөрүүбүтүгэр, Саҥа Кэс Тыл сахалыы аан бастаан толору тылбаастанан күн сырдыгын эмиэ көрөн кэллэ. Биллэр күчүмэҕэйдэрдээх билиҥҥи кэмҥэ саха норуотугар бу сыаната биллибэт күндү духуобунай бэлэх буолар. Маннык күндү бэлэҕи тэрийэн оҥордо Москватааҕы Библия тылбааһын Института (директор – доктор Марианна Беерле-Моор). Бу институт бары үлэһиттэригэр биһиги махталбыт улахан.

Киһи аймах олоҕор эркээйи буолбут Саҥа Кэс Тыл муудараһын, үрдүк поэзиятын атын тылынан биэрэр уустугун, улахан эппиэттээҕин ким барыта өйдүүрэ буолуо. Ол да буоллар бу судургута суох сорук саха тыллаахха кэбэҕэстик өйдөнөр, дууһатыгар тиийэр гына ис киирбэхтик, тупсаҕайдык уонна талааннаахтык толорулунна диэн мин тус бэйэм киэн тутта, үөрэ саныыбын. Саха литературнай тылын сайдыытыгар бу Саҥа Кэс Тыл тылбааһа биир бэлиэ, боччумнаах хардыы буолан, саха тыла «муора курдук бастар бараммат баайын» илэ-бодо көрдөрүүһү.

Икки тыһыынча сыл анараа өттүгэр былыргы грек тылынан суруллубут Сибэтиэй Евангелие сахалыы тахсыыта сүдү суолталаах. Саха дьоно Айыы Тойон Таҥараларын үөрэҕин ис сүрэхтэриттэн ылыннахтарына эрэ, Таҥараны билэн, бары куһаҕан дьаллыктан босхолонон, аньыыттан ырааһыран, Кини ыҥырар эйэлээх, тапталлаах, сырдык кэскиллээх олоҕор тиийиэхтэрэ.

Улуу миссионердар сүүстэн тахса сыллааҕыта тоҥ хаарга үктээбит ыллыктарын салгыы солоон иһэр архиепископ Гермаҥҥа, бу тылбаас үлэтин көҕүлээбитин, бары өттүнэн көмөлөспүтүн иһин, биһиги аман өс алгыспытын холбуубут.

Бу кинигэ тахсыытыгар үлэлээтилэр: консультант, доктор Дэвид Джон Кларк (Англия, Холбоһуктаах Библейскэй Уопсастыбалар), богословскай редактор, тылбаасчыт Саргылана Леонтьева, филологическай редактор, доктор Николай Ефремов, тылбаасчыттар Мария Алексеева, Аита Шапошникова, Светлана Егорова-Джонстон, Валерий Бурцев. Кинилэргэ бука барыларыгар барҕа махтал буоллун. Кинигэ художнига Иван Поповка, Олох аал луук маһын уруһуйдаабыт Кая Леонтьеваҕа уонна тылбаас уустук үлэтигэр ис сүрэхтэриттэн көмөлөспүт бары үтүө дьоммутугар истиҥ махталбытын тиэрдэбит.

Саҥа Кэс Тыл литературнай редактора Дмитрий Сивцев-Суорун Омоллоон

* * *

Саҥа Кэс Тыл уонна Эргэ Кэс Тыл кинигэлэрэ холбуу Сибэтиэй Суруйуулар эбэтэр Библия диэн ааттаналлар.

Саҥа Кэс Тыл грек тылынан суруллубут 27 кинигэттэн, оттон Эргэ Кэс Тыл еврей тылынан суруллубут 39 кинигэттэн тураллар. Сорох церковтар Эргэ Кэс Тылга грек тылынан суруллубут өссө хас да кинигэни эбии киллэрэллэр.

Былыргы еврей тылынан суруллубут Эргэ Кэс Тылга Айыы Тойон Таҥара сири-халлааны, киһини айбытын, киһи аньыыны оҥорон Кинини кытта эйэтин сүтэрбитин уонна Таҥара киһини бырастыы гына кэлэригэр киһи аймаҕы хайдах өр кэм устата бэлэмнээбитин туһунан кэпсэнэр.

вернуться

[1] Бу аан тылы Д.К.Сивцев – Суорун Омоллоон Саҥа Кэс Тыл маҥнайгы тахсыытыгар (Библия тылбааһын Института, Москва, 2004) анаан суруйбута.