18 Тулатыгар дьон халыҥ халҕаһата мустубутун көрөн, Иисус үөрэнээччилэрин уҥуор устуҥ диэн соруйбута. 19 Онуоха биир сокуонньут тиийэн кэлэн: «Үөрэтээччи! Эн ханна да бардаххына, мин Эйигин батыһан барыам», – диэбитэ.
20 Иисус киниэхэ эппитэ: «Саһыллар хороонноохтор, көтөрдөр уйалаахтар, арай Киһи Уола төбөтүн уура түһэн ылар сирэ суох».
21 Үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ: «Тойонуом! Маҥнай дьиэбэр баран аҕам уҥуоҕун көтөҕөн кэлэрбин көҥүллээ эрэ», – диэн көрдөспүтэ.
22 Иисус эппитэ: «Миигин батыс. Өлбүт дьон өлбүт дьоннорун бэйэлэрэ харайдыннар».
Силлиэни тохтотуу
23 Иисус тыыга киирбитигэр үөрэнээччилэрэ эмиэ батыһан киирбиттэрэ. 24 Эмискэ муораҕа күүстээх силлиэ түһэн, модун долгуннар тыыны сабыта биэртэлээбиттэрэ; Кини утуйа сыппыта. 25 Үөрэнээччилэрэ кэлэн Кинини уһугуннаран: «Тойоммуот! Быыһаа, өлөн эрэбит!» – дэспиттэрэ.
26 «Тоҕо маннык куттаҕаскытый, кэмчи итэҕэллээхтэр?» – диэбитэ Иисус. Кини туран тыалы, долгуну буойарын кытта, сонно чуумпуран хаалбыта.
27 Дьон бэркиһээбиттэрэ: «Кини кимий? Тоҕо Киниэхэ тыал да, муора да бас бэринэрий?»
Абааһыларга буулаппыт икки киһини үтүөрдүү
28 Иисус муораны уҥуордаан Гергеса[20] дойдутугар кэлбитигэр абааһыларга буулаппыт икки киһи хайа хаспаҕар баар киһи уҥуохтарыттан утары сүүрэн тахсыбыттара. Күүстэрэ-уохтара бэрдиттэн куттанан, ким да манан суолламмат этэ. 29 «Таҥара Уола, Иисус, Эн биһиэхэ тугуҥ кыһалҕатай? – диэн иккиэн хаһыытаспыттара. – Эн биһигини манна кэмин иннинэ сордуу кэлбиккин!»
30 Кинилэртэн тэйиччи соҕус элбэх сибиинньэ мэччийэ сылдьара. 31 Абааһылар Киниттэн көрдөспүттэрэ: «Эн биһигини мантан үүрэн таһаарар буоллаххына, ити сибиинньэ үөрүгэр ыыт».
32 «Барыҥ», – диэбитэ Иисус.
Кинилэр тахсан сибиинньэлэргэ киирэллэрин кытта, сонно тута үөр сибиинньэ бүтүннүү хайа үрдүттэн ыстанан, муораҕа тимирбитэ. 33 Маныыһыттар куоракка сүүрэн кэлэн, манна туох буолбутун, абааһыга буулаппыт икки киһи хайдах үтүөрбүтүн туһунан кэпсээбиттэрэ. 34 Олохтоохтор бука бары Иисуһу көрсө тахсыбыттара; итиэннэ Кинини көрөн баран, дойдуларыттан барарыгар көрдөспүттэрэ.
9
Капернаумҥа босхоҥу үтүөрдүү
1 Иисус оҥочонон муора уҥуор туораан, куоратыгар төннүбүтэ. 2 Онно Киниэхэ хас да киһи тэллэххэ сытар босхоҥ киһини аҕалбыттара. Иисус кинилэр итэҕэллэрин көрөн, ыарыһахха эппитэ: «Эрдий, тоойуом! Аньыыҥ-хараҥ бырастыы буолла».
3 Сокуонньуттар истэригэр: «Бу киһи Таҥараны холуннарда!» – дии санаабыттара.
4 Иисус кинилэр тугу санаабыттарын курдат көрөн, эппитэ: «Тоҕо эһиги сүрэххитигэр куһаҕаны саныыгытый? 5 Ыарыһахха туох диир чэпчэкиний: аньыыҥ-хараҥ бырастыы буолла диир дуу, эбэтэр туран хаамп диэн этэр дуу? 6 Ол эрээри эһиги Киһи Уола сиргэ аньыыны-хараны бырастыы гынар кыахтааҕын билэргит туһугар», – инньэ диэн баран ыарыһахха эппитэ: «Туран тэллэххин ылан, дьиэҕэр бар». 7 Киһи туран, тэллэҕин ылан, дьиэтигэр барбыта. 8 Норуот, маны көрөн сөҕөн[21], киһиэхэ маннык былааһы биэрбит Таҥараны айхаллаабыта.
Матфейы ыҥырыы
9 Иисус салгыы баран иһэн, түһээн хомуйар сиргэ олорор Матфей диэн ааттаах киһини көрөн: «Миигин батыс», – диэн ыҥырбыта. Матфей туран, Иисуһу батыһан барбыта.
10 Кини Матфей дьиэтигэр эбиэттии олордоҕуна, түһээн хомуйааччы үгүс дьон уонна атын да аньыылаахтар кэлэн Иисуһу уонна Кини үөрэнээччилэрин кытта аһылыкка сэргэстэһэ олорбуттара. 11 Маны көрөн, фарисейдар Кини үөрэнээччилэригэр эппиттэрэ: «Тоҕо эһиги Үөрэтээччигит түһээн хомуйааччылары уонна аньыылаахтары кытта бииргэ аһыырый?»