СИБЭТИЭЙ ПАВЕЛ АПОСТОЛ ФИЛИППЫ ХРИСТИАННАРЫГАР ИЛДЬИТ СУРУГА
1
1 Филиппытааҕы сибэтиэйдэргэ[445], епископтарга, диаконнарга – Христос Иисуһу итэҕэйээччилэргэ бука барыгытыгар – Иисус Христос кулуттара Павелтан уонна Тимофейтан.
2 Эһиэхэ Аҕа Таҥарабытыттан уонна Айыы Тойон Иисус Христостан бары илгэлээх үтүөнү кытта эйэ-ил тосхойо туруохтун!
Павел Таҥараҕа махтанан үҥүүтэ
3 Эһигини хас санаан кэллэҕим ахсын, ис сүрэхпиттэн Таҥарабар махтанабын. 4-5 Мин Евангелиены иһитиннэрэрбэр эһиги миэхэ хара маҥнайгыттан күн бүгүҥҥэ диэри көмөлөспүккүтүн өйдөөн-санаан, барыгыт тускутугар өрүүтүн үөрэн туран үҥэбин. 6 Эһиги искитигэр маннык үтүөкэн дьыаланы саҕалаабыт Таҥара бу дьыалатын Иисус Христос кэлэр Күнүгэр кыайыылаахтык түмүктүөҕэ диэн мин бигэ эрэллээхпин. 7 Мантан атыннык саныыр да кыаҕым суох: эһиги миэхэ ол курдук өрүү күндүгүт. Бу билигин түрмэҕэ олорор да, урут Евангелиены көмүскүү, кини кырдьыгын бигэргэтэ да сылдьар кэммэр, эһиги бука бары миигинниин бииргэ Таҥара миэхэ эрэммит алгыстаах сулууспатын толорсубуккут. 8 Мин эһигини бука барыгытын Иисус Христос сүрэҕинэн таптыырбын Таҥара туоһулуоҕа.
9-10 Мин эһиги тускутугар – тапталгыт улам дириҥээн, билиигит чиҥээн, мындыр санааҕыт күүһүрэн, эһиэхэ туох ордугун арааран билэргит, Христос Күнүгэр килбэгир ыраас, туох да омсото суох буоларгыт, 11 Иисус Христос көмөтүнэн кырдьык өлгөм үүнүүтүн ылан, Таҥараны албан аатырдаргыт, айхаллатаргыт туһугар үҥэбин.
Христос – мин олоҕум
12 Бырааттарым, бу түбэспит быһыым-майгым бүтэр уһугар Евангелие ситиһиилэнэригэр көмөлөөх буолан тахсыбытын билиэххитин баҕарабын. 13 Христос туһугар хаайыллыбыппын дыбарыас харабыллара да, атыттар да – бука бары билбиттэр, 14 онон Айыы Тойоҥҥо бэриниилээх үгүс бырааттар эр ылан, Таҥара тылын[446], туохтан да чаҕыйбакка, иһитиннэрэн эрэллэр. 15-16 Чахчытын эттэххэ, сорох-сорохтор Христос туһунан ыраас сүрэхтэриттэн буолбакка, илин былдьаһар, мөккүһэр кэтэх санааларыттан үөрэтэн, мин хандалыбын өссө ыаратан биэриэхтэрин баҕараллар. Атыттар дьиҥ үтүө санааларыттан, 17 таптыыр сүрэхтэриттэн үөрэтэллэр. Таҥара миигин Евангелиены көмүскэтэ туруорбутун кинилэр билэллэр. 18 Чэ, туох буолуой! Хайдаҕын да иһин, кэтэх да санааттан, ыраас сүрэхтэн да буоллун, син биир Христос туһунан иһитиннэрэллэр диэн, мин үөрэбин эрэ. 19 Эһиги үҥүүгүт күүһүнэн уонна Иисус Христос Тыынын көмөтүнэн ити барыта миэхэ быыһабыллаах буоларын билэ сылдьан, мин инникитин да үөрүөм эрэ; 20 ис дууһабыттан дьулуһар, эрэнэр киһи быһыытынан ханнык да кыбыстыыга киириэм суоҕа дии саныыбын, инникитин даҕаны үгэспинэн туохтан да чаҕыйбакка, аһаҕастык үөрэтэммин, тыыннаах да хаалбытым, өлбүтүм да иһин, бүтүн бэйэбинэн Христоһу албан аатырдарга дьулуһуоҕум. 21 Олох диэн миэхэ Христос буоллаҕына, өлүү миэхэ – барыс эрэ. 22 Оттон тыыннаах хааларым толорор дьыалабар туһалаах буоллаҕына, хайатын талыахпын билбэппин, 23 икки баҕа санаа миигин үүйэ тутар: биир өттүттэн олохтон туораан Христостуун бииргэ буолуохпун баҕарабын (бу тэҥэ суох ордук), 24 оттон тыыннаах хааларым эһиэхэ ордук буолуо дии саныыбын. 25-26 Онон хаалан эһигинниин бииргэ сылдьыам, итэҕэлгит үүнэн, үөрүүгүт үрдээн иһэригэр эһиэхэ туһалыам диэн чуолкай билэбин. Оччоҕо эргиллэн кэллэхпинэ, эһиги Христос Иисуһунан өссө ордук киэн туттар төрүөттэниэххит.
27 Доҕотторуом, Христос Евангелиетыгар толору эппиэттиир олохтоох эрэ буолларгыт! Оччоҕо мин эһиэхэ кэллэхпинэ (кэлбэтэхпинэ да, истиэм) эһиги бары биир тыынынан халбаҥнаабакка тураргытын, бары биир санаанан Евангелиеҕа итэҕэл иһин туруулаһаргытын, 28 утарылаһааччыларгытыттан ончу куттаммаккытын көрүөҕүм: ити кинилэргэ өлүүнү, оттон эһиэхэ быыһабылы түстүүр бэлиэ буолар. Бу барыта – Таҥара оҥоруута. 29 Христос туһугар эһиэхэ Кинини итэҕэйэр эрэ кыах буолбакка, Кини туһугар эрэйдэнэр кыах эмиэ бэриллибитэ. 30 Ол иһин билигин эһиги эмиэ, урут мин эһиэхэ эрдэхпинэ турууласпытым курдук, туруулаһа сылдьаҕыт. Истэргит курдук, мин билигин да түмүктүү иликпин.