9
Бэһис турба
1 Бэһис Аанньал турбатын үрбүтүгэр көрбүтүм, арай халлаантан сиргэ сулус түспүтэ, бу сулуска түгэҕэ биллибэт дириҥ аҥхай айаҕын аһар күлүүс тыла бэриллибитэ. 2 Кини аҥхай айаҕын аспытыгар ол иһиттэн, сүүнэ оһохтон тахсар курдук, өһөх буруо өрө оргуйбута; күн будулуйа өһөн, салгын ыыс-быдаан буруо буолан хаалбыта. 3 Күдэрик быыһыттан сиргэ саранча үөрэ өрө анньан тахсыбыта; бу саранчаҕа сир үрдүгэр баар сүлүһүннээх ооҕуй курдук киһини тигэр кыах бэриллибитэ. 4 Сир үрдүгэр үүнэн турар хайа да оту, үүнээйини, ханнык да маһы буортулаама, арай сүүһүгэр Таҥара бэчээтэ суох дьону эрэ эмсэҕэлэт диэн саранчаҕа этиллибитэ. 5 Онон дьону өлөрбөккө эрэ, биэс ый устата сордуур-муҥнуур кыах киниэхэ бэриллибитэ; оннук сордоотоҕуна, киһи, сүлүһүннээх ооҕуй тиктэҕинэ, эрэйдэнэрин курдук, эрэйдэнэрэ. 6 Ол күннэргэ дьон өлөр өлүүнү көрдүөхтэрэ да, кыайан булуохтара суоҕа, өлүөхтэрин баҕарыахтара да, өлөр өлүү кинилэртэн куота көтөн биэриэҕэ.
7 Көстөр көрүҥүнэн саранча кыргыһыыга киирээри бэлэм турар сылгы курдуга; баһыгар кыһыл көмүскэ маарынныыр хоруоналаахха дылыта, киһи сирэйин курдук сирэйдээҕэ, 8 дьахтар баттаҕын курдук баттахтааҕа, тииһэ хахай тииһин курдуга. 9 Тимир куйаҕы санатар түөс куйахтааҕа, кынатын тыаһа сэриигэ көтүтэн иһэр үтүмэн үгүс аттар холбоммут колесницаларын тыаһын курдук тип-тилигирэс этэ; 10 сүлүһүннээх ооҕуй курдук кутуруктааҕа, кутуругун уһугар иннэлээҕэ; ол иннэтинэн дьону тигэн биэс ыйы быһа эмсэҕэлэтэр күүстээҕэ. 11 Бу саранча түгэҕэ биллибэт аҥхай аанньала баһылыктааҕа; ол аанньал аата еврейдии – Аваддон, оттон гректии – Аполлион[535].
12 Биир иэдээн ити курдук кэлэн ааспыта; көр бу, тилэх баттаһа өссө икки атын иэдээн иһэрэ.
Алтыс турба
13 Алтыс Аанньал турбатын үрбүтүгэр Таҥара иннигэр турар кыһыл көмүс сиэртибэнньик түөрт муннугуттан саҥа иһиллибитэ. 14 Ол истибит саҥам турбалаах алтыс Аанньалга туһаайан: «Улуу Ефрат өрүскэ кэлгиллэн сытар түөрт Аанньалы босхолоо», – диэбитэ. 15 Онон болдьохтоох сылларын ыйаахтаах ыйыгар, күүтүллүбүт күнүгэр, анаммыт чааһыгар киһи аймах үс гыммыт биирин имири эһэргэ бэлэм сытыарыллыбыт түөрт Аанньал босхоломмута. 16 Аттаах сэрииһит ахсаана икки сүүс мөлүйүөн этэ. Бу ахсааны истэрбэр ааттаабыттара. 17 Ити көрөр көрүүбэр ыҥыырдаах аттаахтар бааллара, кинилэр умайар уот кыһыл өҥүнэн, сапфир курдук күөх, сиэрэ курдук араҕас өҥүнэн оонньуу сылдьар түөс куйахтаахтара; аттара хахайга маарынныыр төбөлөөхтөрө, айахтарыттан уот уһуурара, буруо, сиэрэ бургучуйара. 18 Ити үс иэдээнтэн – аттар айахтарыттан уһуурар уоттан, буруоттан, сиэрэттэн киһи аймах үс гыммыт биирэ өлбүтэ. 19 Аттар күүстэрэ айахтарыгар уонна кутуруктарыгар түмүллэн сылдьара; кутуруктара эриэн үөнү санаталлара; ол кутуруктар хончоҥноһо сылдьар төбөлөрүнэн дьону кэйгэллииллэрэ.
20 Оттон ити иэдээнтэн өлбөтөх дьон аньыыларын билинэн кэмсиммэтэхтэрэ, абааһыга уонна көрөр хараҕа, истэр кулгааҕа, хаамар атаҕа суох кыһыл да, үрүҥ да көмүс, алтан, таас уонна мас эмэгэккэ сүгүрүйэллэрин уураппатахтара; 21 дьону өлөрөллөрүн, абынан-хомуһунан дьарыгыралларын, содурдук быһыыланалларын, уоралларын тохтоппотохторо.
10
Арыллыбыт кинигэлээх Аанньал
1 Онтон күүстээх атын Аанньал былыкка сууланан, халлаантан түһэн иһэрин көрбүтүм; төбөтүн иилии кустук оонньуура, сирэйэ күн курдук күлүмүрдүүрэ, икки атаҕа икки уот баҕана курдуга; 2 илиитигэр арыллыбыт кыра кинигэни тута сылдьара. Аанньал уҥа атаҕынан муораҕа, хаҥаһынан сиргэ үктэнэ түһэн баран, 3 хахай хаһыытыырын курдук, күүстээх куолаһынан саҥаран сатарыппыта; ол саҥарбытыгар хардаран, халлааҥҥа сэттэ сүллэр этиҥ эппитэ. 4 Сэттэ этиҥ эппитигэр мин сурунардыы оҥостон иһэн, халлаантан: «Сэттэ этиҥ тугу эппитин суруйума, кистэлэҥҥэ тут», – диир саҥаны истибитим.