8 Атын Аанньал кинини батыһан иһэн: «Содур олоҕун уохтаах арыгытынан бары омукка айах туппут улуу куорат Вавилон суулунна, суулунна!» – диэн саҥара иһэрэ.
9 Онтон кэннилэриттэн иһэр үһүс Аанньал саҥата дуораһыйбыта: «Ким кыылга уонна кыыл мөссүөнүгэр сүгүрүйбүт, кини бэлиэтин сүүһүгэр дуу, илиитигэр дуу туруортарбыт, 10 ол – Таҥара уор-кылын иһитигэр убаппакка эрэ куппут уохтаах утаҕын иһиэҕэ, уонна сибэтиэй Аанньаллар итиэннэ Агнец көрөн турдахтарына, уоттаах сиэрэҕэ умайан сору-муҥу көрүөҕэ; 11 кинилэр сордонор күдэн буруолара үйэттэн үйэлэргэ өрө уста туруоҕа; кыылга уонна кини мөссүөнүгэр сүгүрүйээччилэр, кыыл аатын бэлиэтин ылынааччылар күнүһүн да, түүнүн да уоскулаҥ диэни билиэхтэрэ суоҕа».
12 Бу – Таҥара кэриэстэрин толорор, Иисуска бэриниилээх сибэтиэйдэри улуу тулуурдаах буолууга ыҥырыы.
13 Онтон мин халлаантан: «Суруй: „Мантан инньэ Айыы Тойоҥҥо бэриниилээх өлөр киһи алгыстанар!“» – диир саҥаны истибитим.
«Дьиҥ чахчы, – диир Тыын, – кинилэр үлэлэриттэн сынньаныахтара, оттон оҥорбут үтүөлэрэ кэннилэриттэн батыһан барыаҕа».
Сиргэ хомуур кэмэ
14 Көрбүтүм, арай сырдык былыт көстүбүтэ, былыкка Киһи Уолугар майгыннаах Ким эрэ олороро; төбөтүгэр кыһыл көмүс мэнньиэстээҕэ, илиитигэр сытыы сиэрпэлээҕэ. 15 Онтон атын Аанньал Таҥара Дьиэтиттэн тахсан кэлэн, былыкка Олорооччуга туһаайан: «Сиэрпэҕин ылаҥҥын быспытынан бар, хомуур кэмэ кэллэ, сир үүнүүтэ ситтэ», – диэн саҥаран дуораһыппыта. 16 Былыкка Олорооччу сиэрпэтин сир диэки далайаатын кытта, сирдээҕи хомуур хомуллан бүппүтэ.
17 Аны атын Аанньал халлааҥҥа баар Таҥара Дьиэтиттэн илиитигэр сытыы сиэрпэни туппутунан тахсан кэлбитэ. 18 Онтон уоту дьаһайар былаастаах атын Аанньал сиэртибэнньиктэн тахсан, сытыы сиэрпэлээххэ туһаайан: «Виноград отоно буспут, сытыы сиэрпэҕинэн сиргэ баар виноград сүүмэхтэрин быһан ыл», – диэн үөгүлээбитэ. 19 Аанньал сиэрпэтинэн сир диэки далайан сиргэ үүммүт винограды быһа охсон ылбыта уонна Таҥара уордаахтык тэпсэн сүмэһинин ыгар улуу ныһыырыгар бырахпыта. 20 Куорат таһыгар баар сүмэһин ыгар сиргэ виноград ныһыллан бүппүтэ; ол сиртэн тохтор хаан ат үүнүгэр тиийэ таһымнаан, отучча көстөөх сиринэн халыйбыта.
15
Тиһэх сэттэ иэдээн
1 Халлааҥҥа аны атын улуу дьикти бэлиэни – сэттэ тиһэх иэдээн төрдүн илдьэ сылдьар сэттэ Аанньалы – көрбүтүм. Ити сэттэ тиһэх иэдээн кэлэн аастаҕына, Таҥара уора-кылына уҕарыахтааҕа.
2 Онтон уоту кытта булкуллубут өстүөкүлэҕэ маарынныыр муора баарын көрбүтүм; кыылы, кини мөссүөнүн, бэлиэтин, кини аатын чыыһылатын кыайбыт дьон ол өстүөкүлэ муора үрдүгэр Таҥара биэрбит арфатын тутан тураллара. 3 Кинилэр Таҥара кулута Моисей уонна Агнец ырыатын ыллыыллара: «Оо, Айыы Тойон Таҥара, Барытын Тутан Олорооччу! Улуу да, сөҕүмэр да буоллаҕа Эн оҥоһууҥ! Эн суолуҥ барыта көнө, кырдьыктаах, оо, сибэтиэйдэр Ыраахтааҕылара[539]! 4 Айыы Тойон, ким Эйигиттэн толлуо суоҕай, ким айхаллыа суоҕай Эн ааккын? Сибэтиэй соҕотох Эн эрэ бааргын эбээт. Эн кырдьыктаах дьүүлүҥ бары норуокка көһүннэ; омук эрэ барыта кэлэн Эн иннигэр нөрүөн нөргүйүө».
5 Бу кэнниттэн көрбүтүм – арай халлааҥҥа баар Таҥара Дьиэтэ – Туоһулааһын Скинията – арыллан кэлбитэ, 6 Ол иһиттэн ыраас сырдык лүөн таҥастаах, түөстэрин кыһыл көмүс өҥнөөх таҥаһынан туора бааммыт сэттэ Аанньал сэттэ иэдээн төрдүн илдьэ тахсан кэлбиттэрэ. 7 Онуоха түөрт харамайтан биирдэстэрэ кинилэргэ үйэлэр тухары баар Таҥара уора-кылына толору кутуллубут сэттэ кыһыл көмүс кытаҕын туттарбыта. 8 Таҥара кэрэмэн килбиэниттэн, модун кыаҕыттан тунааран тахсар буруо Дьиэ иһин толорбута. Сэттэ Аанньал сэттэ иэдээнэ дьайан бүтүөр диэри, ким да иһирдьэ киирэр кыаҕа суоҕа.
16
Уор-кылын кутуллубут сэттэ кытаҕа
1 Онтон Таҥара Дьиэтин иһиттэн ким эрэ күүстээх саҥата сэттэ Аанньалга туһаайан: «Барыҥ, Таҥара уора-кылына толору кутуллубут сэттэ кытаҕын сиргэ тоҕо анньыҥ!» – диирин истибитим.