Выбрать главу

7 Бэрт үгүс фарисейдар уонна саддукейдар сүрэхтэнэ иһэллэрин көрөн, Иоанн кинилэргэ эппитэ: «Эриэн үөн ыамалара! Кэнэҕэски уортан-кылынтан куотар өйү-санааны ким эһиэхэ укта? 8 Аньыыгытын ис сүрэххититтэн билиммиккитин олоххутунан туоһулааҥ. 9 Итиэннэ биһиги аҕабыт Авраам диэн сананан да көрүмэҥ! Эһиэхэ этэбин: Таҥара бу да сытар таастары Авраамҥа оҕо гынан туруортуон сөп. 10 Сүгэ хайыы-үйэ мас төрдүгэр сытар: ханнык баҕарар маһы, үчүгэй отону биэрбэт буоллаҕына, кэрдэннэр уокка уматаллар.

11 Мин эһигини аньыыны билинии бэлиэтигэр уунан сүрэхтиибин, ол гынан баран кэннибиттэн Кэлэн Иһээччи миигиннээҕэр күүстээх – мин Кини атаҕын таҥаһын да тутан иһэргэ сөбө суохпун. Кини эһигини Сибэтиэй Тыынынан уонна уотунан сүрэхтиэҕэ; 12 тута сылдьар күрдьэҕинэн куумунаны ыраастаан, бурдугун хомуйан маҥхааһайга кутуоҕа, оттон соломотун умуллубат уокка уматыаҕа».

Иисус Христос сүрэхтэниитэ

13 Ол саҕана Иисус Галилеяттан Иордаҥҥа кэлбитэ. Кини Иоаҥҥа сүрэхтэнэ тиийбитигэр, 14 Иоанн Кинини тохтото сатаабыта: «Мин Эйигиттэн сүрэхтэнэрим сөп этэ, оттон Эн миэхэ кэлэҕин?»

15 Онуоха Иисус эппитэ: «Билигин маннык буоллун. Биһиги туохха барытыгар Таҥара көҥүлүн толоруохтаахпыт». Иоанн онуоха дьэ сөбүлэспитэ.

16 Иисус сүрэхтэнээт, ууттан тахсыбытыгар арай Кини үрдүгэр Халлаан арыллан биэрбитэ, онно көрдөҕүнэ, Таҥара Тыына холууп курдук Киниэхэ түһэн иһэрэ. 17 Дьэ онуоха Халлаантан: «Бу баар – Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум», – диир саҥа иһиллибитэ.

4

Иисус Христоһу тургутуу

1 Онтон Тыын Иисуһу, адьарайынан тургуттараары, иччитэх сиргэ илдьэ барбыта. 2 Иисус түөрт уон түүннээх күн устата постанан баран, тиһэҕэр, аһыан олус баҕаран кэлбитэ. 3 Кинини тургутар адьарай кэлэн: «Эн Таҥара Уола буоллаххына, бу таастары килиэпкэ кубулуйуҥ диэн бирикээстээ», – диэбитэ.

4 Иисус киниэхэ эппитэ: «„Киһи, аҥаардас килиэбинэн эрэ буолбакка, Таҥара этэр хас биирдии тылынан олоруоҕа“ диэн суруллубута».

5 Онуоха адьарай Кинини сибэтиэй куоракка аҕалан, Таҥара Дьиэтин чыпчаалыгар туруоран баран: 6 «Эн, Таҥара Уола буоллаххына, аллараа диэки ыстанан кэбис. Суруллубутун курдук, „Аанньалларыгар Эйигин араҥаччылыырга соруйуоҕа, оччоҕо таастан бүдүрүйбэтиҥ туһугар, кинилэр Эйигин көтөҕөн илдьиэхтэрэ“», – диэбитэ.

7 Иисус киниэхэ эппитэ: «Суруйууларга „Айыы Тойон Таҥараҕын тургутан көрүмэ“ диэн эмиэ баар».

8 Адьарай Кинини аны үрдүк хайа арҕаһыгар таһааран, аан дойду килбиэннээх саарыстыбаларын барытын көрдөрбүтэ: 9 «Миэхэ сөһүргэстээн сүгүрүйдэххинэ, мин бу маны барытын Эйиэхэ биэриэҕим», – диэбитэ.

10 Иисус эппитэ: «Киэр буол Миигиттэн, сатана! Ол эмит суруллан турар: „Айыы Тойон Таҥараҕар сүгүрүй итиэннэ Киниэхэ эрэ сулууспалаа“ диэн».

11 Маны истэн адьарай Киниттэн дьэ арахпыта; сонно Киниэхэ Аанньаллар көмөлөһө кэлбиттэрэ.

Иисус Христос Галилеяҕа сулууспатын саҕалыыр

12 Иоанны хаайыыга укпуттарын истэн, Иисус Галилеяҕа барбыта. 13 Назареты хаалларан, Кини Завулон уонна Неффалим сиригэр, муора кытылыгар турар Капернаумҥа кэлэн олохсуйбута. 14 Бу Исайя пророк өтө көрөн эппитэ туоларын туһугар буолбута: «15 Завулон сирэ, Неффалим сирэ – муораҕа тириэрдэр суол, Иордан уҥуоргу эҥээрэ – туора омук дойдута Галилея! 16 Хараҥаҕа олорор норуот улуу сырдыгы көрдө, өлүү күлүгэр олорор дьоҥҥо сырдык тыкта».

17 Бу кэмтэн ыла Иисус: «Аньыыгытын билинэн Таҥараҕа эргиллиҥ, Халлаан Саарыстыбата чугаһаата!» – диэн үөрэтэрин саҕалаабыта.

Маҥнайгы үөрэнээччилэрэ