Выбрать главу

Киһи итэҕэстэрэ,

Сыыһалара,

Алҕастара -

Муҥутуур байҕал.

Аньыыта-харата -

Бүппэт урусхал.

Биллэллэр ону айыылар,

Көрбүтэ ону аанньал.

***

Вальска эргийэллэр паралар.

Мин ситигирдик сатаабаппын.

Эчи систэрэ көнөтүн!

Сыыһатык өйдөөмөҥ, ытаабаппын.

Баар, кистээбэтэххэ,

кыра ымсыырыы,

сөҕүү-махтайыы,

кыһыйыы,

ол быыһыгар кыра долгуйуу,

тулалыыр үҥкүүнү дьүһүйүү.

Бу көтөн аастылар саастаахтар.

Кинилэр эдэрдэри эрчимнэринэн

ырааҕынан быраҕаталлаабыттар!

Кырдьыы ханна тэбиллибитин

бэйэтэ билэр бу кэрэ түгэҥҥэ.

Бэртээхэй холобур

көрдөрдө биһиэхэ

аҕа көлүөнэ.

Өссө, мин санаабар,

Үҥкүү арыйар…

Культура сайдыытын эрэ буолбатах.

Бу сымнаҕас, имигэс, ичигэс

хамсаныылар -

Киһи айылҕа оҕото буоларын

Үчүгэй өттүттэн хоһуйаллар.

Маннык сиэдэрэйдик кыыллар эрэ имсэнэллэр,

нарыннык наскылдьыйаллар

***

Киһи сааһырар санааттан.

Санаа баттыыр ыарыттан.

Сороҕор ыалдьаҕын ыарыыттан.

Тэйэҕин эдэрин кыаҕыттан.

Ол аата санаа – наадалаах.

Биир кэми алдьатар аналлаах.

Олоххо биэрэр тэтими,

Күндүтүк өйдүүгүн түгэни.

Күүскэ күүс эбиэ – санаа.

Сүр көтөҕүө – санаа.

Сэниэҕин эһиэ – санаа.

Тоһутан ытатыа – санаа.

Өлүөн иннинэ тугуй? Санаа.

Кынаттаан көтүтүө – Санаа.

***

Дьүөгэм

Дьоннор эмиэ да майгынныыллар,

Ол иһигэр эмиэ да туспалар!

Биир салгынынан тыыналлар,

Биир күн анныгар сылдьаллар -

Ити харахтар атыттар.

Дьүөгэлиилэр да араастар.

Ыас хараҥаҕа сырдыгы

Тымтыктаан булуо мичээрин.

Ууга түспүт кырдьыгы

Сүрэҕин өрөһүйүө чэпчээри.

Ким эрэ эмискэ хаһытыа,

Үөс тардан,

Иирсээни саҕалаан,

Мөкүнү үөскэтэн,

Мөккүөрү элбэтэн.

Дьон сирэйэ-хараҕа уларыйа,

Уйаларыгар уу киирэн,

Чоппуускалыы уостара чорбойон,

Илбиһирэн, кииҥнэнэн.

Кыраттан да долгуйан.

Бу эстиэхчэ,

Көрүүй, эн.

Оргуйбуту холбуйуо:

Түксү,

Тохтоо,

Уоскуйуохха.

Туох буолла?

Аргыый,

Өйдүөххэ,

Бу – кыыллыйыы быһыы.

Киһи буолуохха.

Дьэ, ити курдук бааллар,

Биһиги испитигэр

Анаан-минээн айдарыылаахтар.

Кэрэ, нарын бэйэлэрэ,

Ол эрэн -

Күүстээх эр сүрэхтэрэ.

***

"Тылгын кыатына сырыт".

"Киһи тыла – ох".

Арай мин тылым буккуллубута ыраатта.

Ким эрэ тылынан ытыалыыр,

Ким эрэ тылынан быыһыыр.

Арай мин санаа охчута буолбуппун,

Бадаҕа.

"Санааҕын сааһылаа".

"Санааҕа-онооҕа ылларыма".

Этэргэ дьэ барыта чэпчэки.

Өрдөөҕүтэ биир дьахтар сиэнин сэрэппитэ:

"Ытаа да ытаа буолар киhи -

Акаары. Иирээки".

Истиэххэ

Миэхэ

Итини

Ыарахан…

Көр бу:

Киһи кыатынара элбэх.

Баҕар,

Төбө үлэтин кыайбат сүрэх.

Баҕар,

Табыллыбатах күрэх.

Баҕар,

Туохха барытыгар

биир эрэ хоруй баар буолуохтаах:

Ээх.

***

Киһи – санаа кулута.

Ону дьэ эттэххэ дөбөҥ.

Көр бу – үөрэ сылдьыбыта.

Билигин – ытыы олорор.

Бэйэҕин кыай,

Бүдүрүйүмэ,

Суллумма,

Самныма!

Онтон санааны ханна кыйдыай?

Моонньу үрдүгэр олорор төбө?

Сааһылаа,

Наардаа,

Уоскуй -

Кэм-кэрдии ааһыаҕа.

Куотума,

Ыксаама,

Ол эрэн тулуй -

Барыта быһарыллыаҕа.

Баҕар, ити мөккүөрү

Өйдүөн бэйэн буолбатах.

Тугу эрэ көрдөөрү -

Булуо икки атахтаах,

Санаа үтүө аргыстаах,

Түөһүгэр сылаас сүрэхтээх,

Айыылартан алгыстаах.

Бу сиргэ олороору.

***

Көнөтүк да көрөҕүн.

Маннык дьону токуруппаттар:

Эппит тылларыгар эрэллээхтэр,

Биэрбит тылларыгар тураллар.

Олох биир күлүмнээн ааһар түгэнэ -

Эйиэхэ күндү да суолталаах!

Кыракый чыычаах,

Букунайар кымырдаҕас -

Туспа таптал алыптаах.

Биһиги да кырдьыахпыт,

Киһи күннээх, балык ыамнаах.

Хор, сөпкө да эппитиҥ:

Биирдэ да мичээрдээн ылбатах таас сирэйдээхтэри,

Киһи аһынар эрэ кыахтаах.

Поэт быһыытынан

Мунчааран ылар да кэмнэргэр,

Оптимист буоларгын ыһыктыбаккын.

Ордук кэрэни айхаллыыргын умнубаккын,

Мэлдьи кырдьыкка тардыһаҕын.

Эргэрбит хаһыат илиистэрэ:

Сонун. Санаа. Ыралар.

Бэҕэһээ дьон хараҕа интернетка иилистэрэ.

Бүгүн. Баҕар. Биирдэ эмит.

Биһиги да иннибитигэр ыраас кумааҕы баар.

Иван Брызгалов 90 сылыгар

***

Таммахтар

Ардах кэннэ

Күөх окко күлүмнүүр,

Күлүмүрдүүр,

Ып-ыраас,

Хараҕы үөрдэр,

Бытархай эрэ – олус кэрэ!