Выбрать главу

уердубэт-кетуппэт эбит.

Туул дуу илэ дуу:

Буккуллуу.

Санаалар ирицэ буолаллар.

Биир кэм уен сыыгыныырын

тыаьын курдук

Кутун-сурун ытыллар.

Туох барыта -

Тацнары туппут,

Тиэриллэн

Эриэнэ кыйманныыр.

Анараа дойду

Дьэ чугас баарын

Орто дойдуттаан

Туора хаампыкка

Бэйэтин кердерер.

Тубэьимэ дуу

Итинник "суоллардаах суолларга".

Мин этиэм эйиэхэ:

Орто дойду – баар

Дьон дьиэлээх дьиэтэ,

Уйалаах дьоллоох уйата.

***

Кэрэл

Инникитигэр турар – Кэрэ,

Кэнниттэн ейуур – Эрэл.

Тахсан кэлбитэ – Кэрэл!

Сыл-хонук ааста.

Аат атыннык ааттанна.

Уол о5о5о – эрэлбит,

Кыыс кэрэтэ – кэрэ5э.

Куйаар ааты ицэрбит.

Мааны буолбут эгэлгэ.

Хоту дойду хорсуна

Быстыбат мындыр ейдееххун.

Билбитин эн Айыы-Сиэни,

Таайбытын биир бэрэсидиэни.

Эн Байаар! – диэбитин.

Кэьии туппутунан киирбитин.

Быстахха былдьаммата5ын.

Дьоццун-сэргэ5ин санаабытын.

Кербуеччу белеьуек

Туойбутун дьахтар-бэйиэти.

Отон о5оттон дьулуьан

Сиринэн-дуолунан кеппутун элиэтии.

Ньургуьуннаах суругу

Сурэххэр укта сылдьыбытын.

Сахабыт сирин кэрэтин

Куруук айхаллаан кэлбитин.

Тапталтан кынаттанан

Элбэх хоьоону тиспитин,

Мацнайгыны – аан мацнай,

Хойууккуну – хойуутаан

Олох минньигэьин, аьыытын билбитин.

Иван Мигалкинца анабыл

***

Тирии нецуе уцуох кестер,

Уцуох нецуе силии дьалкыйар.

Мин ис испин билэ

Сатыан дуо?..

Биитэр

Харацаттан уолуйан

Киэр хайыьан куотуон?..

Ол хараца

Тымырдарым устунан

Сууругурэ устар.

Сурэ5им дуцур тыаьыгар

Дулэй дуорааны ицэрэр.

Таптыан дуо ити

Абаккалаах сур со5отох берену?

Тыцырахтарынан дэлби хаспыт

Иччитийбит тымныы хороонун.

Истиий, ейдее. Кердеьебун.

Ити эмиэ мин дьиц чахчым.

Бу ыраас, эйэ5эс бэйэм

Тиэри тутуллубут дьуьунум.

Кулукпун одуулуу тураммын

Ыар батталтан харах уутун то5обун.

То5о диэтэр "истээх ис" кырыктаах илбис тылларын

Кулгаахпар сибигинэйэрин

"Сырдык бэйэм" тулуйа сатыыбын да -

Уйбаппын.

Эн арай бу муцу таайаццын

Сымна5ас суорхан буолан суулаа.

Тосту томмут сурэхпин

Сылааскынан абыраа.

Дьон кербутэ эрэ -

Кэрэ сэбэрэтэ,

Тириитин таьыгар

Баар бэйэтэ.

Курдары дьелбут буоллаххына, -

Туора, куота туруоц.

Эбэтэр,

Эрэлбин чемехтеен сайыьабын:

Испэр баар хара кыылы себулуец

***

Бу тугуй?..

Мин урукку Майа5а тубэстим.

Утары планшеттаах о5ону керсен,

Ейдеен кэллим:

"Былыыр" кинигэ аа5а-аа5а

Библиотекаттан хаардаахха дьиэбэр кэлэрбин.

Борук-сорук түһүөн иннинэ,

Таһырдьа чуумпу.

Сымнаҕас салгын.

Кырдьык субу курдук буолла дуу?

Эс! Суох манна албын!

Дьиэлэр, массыыналар, тацас-сап

Уларыйбыт. Ол чахчы.

Ол гынан баран, то5о эрэ.

Бу туппут тугэним – бып-былыргы.

Саца аллайан, айах атан

Се5ебун.

Кистээбэккэ таспар таьааран

Урукку Майаны уруйдуубун.

Почта таьынан талах быыьыгар

Уоллаттар хатаастыбыта буолан

Мэниктииллэр,

Болуосатка хомсомуол остуолбатын таьыгар

Ыччатар хаартыска5а туьээри тэпсэцнииллэр.

Кыырпах хаар кыыдамныыр.

Туннуктэргэ улам уот кестен барар.

Дьыссаттан о5олорун ылан

Дьон дьиэлээри элэцниир.

Ким килиэп атыылааьаары ыксыыр.

Дьахталлар – ас астаары.

Ол кэннэ дьиэ-кэргэн буолан тегуруччу олорон куех экраны керееру.

Хаар атах тацаьын анныгар хаачыргыыр.

Ол эрэн хайдах эрэ тыаьа.. уруккулуу.

Дьон оскуолаттан, улэттэн

Хаамсара хайдах эрэ олуона, уу-чуумпу.

Ахтыл5ацца уйдаран дуу,

Алыптаах куйаар аанын арыйда.

Биир туохтан да уратыта суох алтынньы киэьэтигэр

*Урукку* сурэхпин таарыйда.

Ити курдук буола туруо

Уйэлэр тухары.

Мэлдьи. Еруу.

Эмтиэкэ. Уулусса. Банаар.

Уларыйбат чахчы.

Кэм-кэрдии: Буппэт сууруу.

***

Сирэйи салыыры

Сатыахха наада.

Дьэ до5оттор,

Уустук улэ.

То5о диэтэр,

То5о диэтэр,

Олох тухары

Дьону дьон аалар.

Кебус кене бэйэн

Токуруйама,

Муннугун халлаацца

Анньа сырыт.

Ол эрэн,

Ол эрэн,

Дьон сир устун

Букунуйалларын ырыт.

Хайдахтаах да

Кир сыстыбатах

Барахсана буол,

Киьи алмаас буолбатах.

Ол иьин,

Ол иьин,

Биирдэ эмит,

Хаьан эмит,

Уену тереппуттээх.

***

Харахха харчы кыбыллыы.