Кыбыллыбакка -
Оцоьуута да барсар.
Кэрэни еруу се5ерге
Хайдах эрэ сурэх ордук ылсар.
Ол оннугар тирэх суол -
Харчы сурун кылаата:
Ба5арбыккын – ыл,
Санаабыккын – толор.
Дьэ, мэйии улэтэ быдацнаата.
Кыбыллан иьэри тараа.
Долгуйума, туола туруо!
Киьи буппэт ицсэлээх.
Харах иннигэр кемус буруо.
***
Санаа туьуутэ
Санаа кете5еллуутэ
Кун аайы,
Туун аайы
Умнубукка
Солбуйсаллар
Ону-маны кердуу-кердуу
Дирицник да ырыталлар.
Кураанахха
Ытыс таьыныы
Кэ5э кестубэт уйата
Омук бары
Кердеебут
Дууьа
Сурэл иччитэ.
***
Наьаа да акаары эбиппин
Билигин да акаарыбын
Мэйии хойдор
Буут буьар
Арай ей эбиллибэт.
Куттал саас
Сэрэхтээх буолуу
Бутуллубут санаалар
Ытыллаллар
Хантан булан ылабын
Кырдьыгы
Бэйэбин сутэрэн
Ылар тугэццэ.
Салгын кута кетен хаалбыт.
Туора барбыт
Мэлийбит.
Биитэр саца кэрдииьи
Булан
Сацаттан олороору
Санаммыт.
***
Дьыл5а диэн суох
Диир кыах
Миэхэ суох
Дьыл5а-хаан
Баар
Бу баар
Кер-бу
Туспа сор-муц.
Хараххын быьа сим
Утары керумэ
Итэ5эйиэм олоххо
Тапталга
***
Ньургуhун
Кып-кыра мо5отой о5отун курдук туулээх,
Ке5ере илик сир быыьынан,
Аан бастаан, биллибэккэ-кестубэккэ, тебете быгар,
Сырдык на5ыл сааскы куццэ ецейен.
Ньургуьун.
Серуун тыал эн сымна5ас биилгин имэрийэр,
Мацнайгы харамай атаххын кычыкылатар,
Урдук халдьаайыттан куелу одуулаары,
Эн сехпут сибэккин харса суох арыллар.
Ким билиэй эн уербут санаа5ын?
Нарын кемус сардаца биьиккэр туспутун.
Ол сылаас, эйэ5эс сыьыантан
Эн о5олуу кутун уьуктубутун.
Тыа аннынан уулла сытар хаар минньигэс бэйэтин
Ис сурэххиттэн дуоьуйа испитин.
"От-мас, сир-дойду, уун, ке5ер, туругур!" – диэн
Ыраас, сэмэй ба5а санаа5ын эппитин.
Саас аана тэлэччи аьыллан,
Суус чыычаах урдугунэн кете ыллыыр.
Эн буолла5ына уьаабыт от быыьыгар саьан,
Кууьугэр киирбит кун уотугар куерэгэй о5отун курдук сыламныыгын,
Оргууй а5ай, ыксала суох салгыцца умсахтыыгын.
***
Чэмэлиинэ уонна Мелбестуур
Куех халлаан
Куех сир
Куех уу
Уун-утары керсуспут кэрэлэр
Буор кете турар
Ый сотору
Толору
От сыта
Отон сыта.
Уруц хопто
Хара суор
Куелгэ
Балык оонньуура
Уьун суол
Сылаас кун
Атырдьах ыйа
Сайын угэнэ
Буолбатах
Ол эрэн
Биир тугэнэ.
Куота сылдьар
Санаа кыламаннара
Бу харацаччы
Ол урумэччи
Иилистибит былыттар
Суьуохтарын
Ытыскар тутан
Ылааччын
Тэбис-тэццэ
Хабыр5аьан
Салгыцца чугдаарар
Тохтообот тыас
Уонна чуумпу.
Утуйан ылыам,
Сетуелээн ылыам
Бу эмиэ да на5ыл
Эмиэ да ыксаллаах кун.
Уста сылдьар чуораанчык,
Кестер-кестубэт дойду.
Эн аатын кимий?
– Чэмэлиинэ.
– Онтон миэнэ Мелбестуур
***
"Сурэ5э суоххунан киэн туттума"
Сурэхтээх сурэ5э суо5у ама ейдуе дуо.
Сурэ5э суох киьи быьыытынан мелтех.
Ол эрэн, толкуйдаа.
Эмиэ ейдеспет буолуу биир
Иирбит о5ото.
Дьадацы,
Ыарыьах,
Уоруйах,
Марба,
Албын,
Туекун -
Уонна да атын
"Ба5айылар"
Олуона буолан биэрэннэр
Дьон кундукээн харахтарын
Аалаллар.
Буппэт суол:
Иирсии,
Алсыы,
Ыыс,
Ыстырыыс.
Хайыаххыный онтон,
Туо5унан да буоллун
Дьарык оцостор киьи.
Соро5ор толкуйдуубун:
Олорбут киьи
Улахан-улахыан сиргэ суох куоракка,
Босхо буолбут киьи.
Ол гынан баран,
Мин да тебем буьарар:
Таах мэнээх
Ырацалыырын себулуур киьи.
Киьи диэ..
Киьичээн.
Киьи о5ото.
Киьилии киьи.
Мин сылайабын
Кураанах хамсаныылартан.
Истиц сыьыан.
Ол быыьыгар
Тик-так, тик-так
Олох кэрэтэ
Аттыгар курулгэн
Мичээр
Таптал
Тыал
Хараца
Айыл5а
Утуе куннэр
Кумаа5ы сыыьын курдук,
Сэбирдэх буолан кетеллер.
Сылайдым
Улахан киьи буолуохтаах
Ытык иэспиттэн.
Син биир
Атыттар
Атахтарын тебелеругэр
Хаьан да тиийиэм суо5а.
Ортокуттан арыый намыьах.
Сиэртэн арыый таьына.
Атый уйул5алаах,
Туспа эйгэлээх.
Бу куустээхтэр,
Куустээх буола сатыыр
Улахан дьон быыстарыгар
Кулуу гыммыт хартыына,
Бытаарбыт массыына,
Иьит таьынан тохтубут уу,
Биитэр кини кураанах дуу.